Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр тоһуттар томороон тымныылаах тохсунньу ый 13 күнүттэн 19 күнүгэр диэри Таҥха киэһэлэрэ буола тураллар.
Таҥханы иһиллээһин Саха дьоно былыр былыргыттан күнү-дьылы билгэлээн, халлаан туругунан сирдэтинэн олороллор. Тымныы оройугар, күн муҥутуур кылгаабыт кэмигэр, кыыл, сүүрэр- көтөр барыта утуйар турукка киирэр. Киһи да этэ-сиинэ эмиэ уларыйар. Итинник турукка киһи өйүн-санаатын түгэҕэр бүгэ сылдьар сэрэйии, таайыы уһуктар. Киһи сэрэнэр, дьаарханар буолар. Дьэ бу кэмҥэ санааларын бөҕөхсүтэр билгэ оҥостон күүс-күдэх ылаллар. Онон таҥха кэмигэр инникигин билгэлэниэххэ, ыраастаныахха, өйгүн санааҕын сааһылаан ханнык эмэ айыылыын сибээстэһиэххэ сөп✨.
Барыгытын Муусука уонна фольклор түмэлигэр киэһэ Таңха киэһэтигэр киэһэ 17.00 чаастан күүтэбит.
Файл:
photo_5993498648664279908_y.jpg